Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр «Культура», Уус Алдан улууһугар «Түмсүү уонна бииргэ үлэлээһин» сылларынан ыытыллыбыт улуустааҕы баянынан доҕуһуолланар ырыа күрэҕэ Өнөр нэһилиэгэр ыытыллынна. Онно Байаҕантай нэһилиэгиттэн кыттыыны ыллылар:
Дмитрий Готовцев
Иван Готовцев
Гаврил Егоров
Любовь Васильева
Уонна баяҥҥа доҕуһуолунан сырытта «Дьиэрэй» эр дьон народнай коллектив концертмейстера Владислав Кривошапкин.
Күрэх түмүгүнэн:
«Күрэс арыйыыта» анал ааты ылла Любовь Васильева
«Дойдуга тапталы туойуу» анал ааты ылла Гаврил Егоров
» Кэрэхсэбиллээх ырыаһыт» анал ааты ылла Иван Готовцев
«Көрөөччү биһирэбилэ уонна 2 Үрдэл» хаһаайынынан буолла Дмитрий Готовцев.
«Байаанынан ырыа кэрэ эйгэтигэр бастыҥ көҕүлээччи, доҕуһуолдьут» анал аат хаһаайына Владислав Кривошапкин.
Суоппарынан сылдьыбыт Олег Заболоцкайга махталбытын биллэрэбит.



